Оҕо саас, оҕо саас
Эргийбэт оҕо саас
Оонньуур, көрүлүүр
Эргичийэр оҕо саас
2-с Лөгөй нэһилиэгин кэлэр кэнэҕэскитэ, кэнчээри кэскилэ, күндү оҕолорбут Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Оҕо сылын» чэрчитинэн, БЭС ЫЙЫН 1 КҮНҮГЭР
ОҔО КӨМҮСКЭЛИН КҮНҮН, ыһыах түһүлгэтигэр бэрт сэргэхтик бэлиэтээтилэр!
Тэрээһин Үөрүүлээх аһыллыыттан, Музыкальнай эҕэрдэлэртэн саҕаланна. Ол кэннэ «Ыллаа-туой оҕо саас» — ырыа уонна Хоһоон ааҕыытыгар аһаҕас микрофон быһыытынан куонкурустар ыытылыннылар. Оҕолор бэрт көхтөөхтүк, үөрэ-көтө кытыннылар, култуура эйгэтигэр чугастарын биллэрдилэр, Минньигэс бириистэри үллэһиннилэр.
КҮРЭХТЭР:
🌼- «Эргичий, эргичий көлүөһэм» — велосипед күрэҕэр
2 Бөлөҕүнэн ыытылынна, Бастакы бөлөх: 7-9 саастаахтар, Иккис бөлөх: 10-тан үөһээ саастаахтар. Күрэхтэһии түһүмэхтэрэ:
- Велосипед киэргэтиитин көрүүтэ
- Змейканан айаннааһын
- Хаптаһын үрдүнэн айаннааһын
- Балансировка (сири таарыйбакка өр тохтоон туруу)
- Стоп линия (стоп линияҕа ордук чугас тохтооһун)
1 БӨЛӨХ:
1м — Дьулусхан Васильев
2м — Илюша Васильев
3м — Арина Иванова
2 БӨЛӨХ:
1м — Захар Сторожев
2м — Албан Гоголев
3м — Дамир Аргунов
Тэрээһиҥҥэ кэлбит бары оҕолор наһаа үчүгэйдик төгүрүччү олорон ТҮҺҮЛГЭҔЭ АҺААН баран спортивнай күрэхтэргэ киирдилэр.
Кыргыттарга аналлаах «ӨБҮГЭ ООННЬУУТА»
- кыттааччылар: 5кл үөһээ кыргыттар
Түһүмэхтэрэ:
- Сиэл мээчиги быраҕыы
- Быалаах маһы эрийии
- Мүһэ былдьаһыыта (мас тардыһыр маһын уһаты тардыы)
- Уус-Алдан улууһун пазл хомуйуу 🧩🧩🧩
- Сүүрүү 🏃🏻♀️🏃🏻♀️🏃🏻♀️🏃🏻♀️
Кылаан чыпчаал — Нина Неустроева
2 м. — Вика Атласова
3 м. — Эля Троева
Саамай кыра кыттааччы: Арина Иванова
Уолаттарга аналлаах ФУТБОЛ
күрэҕэ:
⚽️ — 1 тайм (15мүн). Уопсайа 2 тайм
⚽️ — Хамаанда ааттаһыынан талыллынна, уопсайа 3 хамаанда таҕыста
1м. — «ПСЖ» хамаанда
2м. — «Эрчимэн» хамаанда
3м. — «Реал Мадрид» хамаанда
Түмүккэ, «Сайдыы» СК «Ура! Каникулы!» уоттаах-күөстээх ДИСКОТЕКА буолла.