Ыам ыйын 9 күнүн, Улуу кыайыы 79 сылын көрсө 2 Лөгөй нэһилиэгэр сарсыарда 8:45ч. кыайыы чэбдигирдэр сэрээккэтэ, 10 ч эҕэрдэ кэнсиэрэ уонна И.В.Мигалкин хоһооннорун күргүөмүнэн ааҕыы бэрт сэргэхтик ааста. Кэнсиэр кэннэ Тулуна орто оскуолатын үөрэнээччилэрин параада буолла. Кыайыы параадын хамаандалаан салайда Максим Сергеевич Гоголев. Нэһилиэк Аҕа баһылыга Улуу кыайыы 79 сылынан эҕэрдэлээтэ.
Олохтоох тэрилтэлэр, нэһилиэнньэ буолан парааттааччылары батыһан «Булгунньахха» Улуу Кыайыы өйдөбүнньүк паамытынньыгар диэри параадтаан тиийдилэр. Аҕа баһылык П.Е.Бурнашев эҕэрдэ тылын кэнниттэн, өйдөбүнньүк уоту уматта. Оҕолор, строевой хаамыынан киирэн венок, тэрилтэлэр салайааччылара сибэкки дьөрбөтүн уурдулар, биир мүнүүтэ хараастан ыллылар.
Судаарыстыбаннас түмэлин салайааччыта Ф.Д.Бысыин эҕэрдэлээн туран нэһилиэк буойуннарын туһунан кылгастык сырдатта. Улуу Кыайыы тэрээһин чааһын кэнниттэн үгэскэ кубулуйбут ини-бии Габышевтарга аналлаах, түөлбэлэринэн сүүрүү эстафетата ыытылынна. Сүүрүү түмүгүнэн:
1 миэстэ Сэмэн Баһалайап ( түөлбэ салайааччыта Троева С.И),2 миэстэ Кэскил (түөлбэ салайааччыта Архипова С.М.),3 миэстэ Дьулуур (түөлбэ салайааччыта Васильева В.А.) түөлбэлэрэ буоллулар.Уопсайа эстафетаҕа 42 участник кыттыыны ылла.
Киэһээ 20:00ч П.В.Аммосов — Аҕа Дойду сэриитигэр кыайыыга сүдү суолтаны оҥорбут, И.В.Сталин бэйэтинэн махтаммыт биир дойдулаахпыт аатынан скверыгар «Өйдөбүнньүк чүмэчи» ууруу акциятыгар кыттыһан чүмэчи ууруута буолла.
«КИМ ДА УМНУЛЛУБАТ, ТУОХ ДА УМНУЛЛУБАТ»
«СУОХ БУОЛЛУН СЭРИИ, СУОХ БУОЛЛУН ӨЛҮҮ, ТУРУГУР ЭЙЭ, ЭЙЭ, ЭЙЭ!…»
Улуу Кыайыы күнүнэн итии — исиҥ эҕэрдэ! Ура табаарыстар!
иһитиннэриини суруйда: Г. Шепелев
09.05.2024 сыл.