МБУ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦД "САЙДЫЫ"

МБУ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦД "САЙДЫЫ"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САЙДЫЫ"

Тулунаҕа 2024с арыйдыбыт!

Олунньу 29 күнүгэр «Сайдыы» Сынньалаҥ киинигэр, 2024 сыл Российскай Федерацияҕа — «Дьиэ кэргэн», Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр — «Оҕо аймах», Уус Алдан улууһугар — «Аҕа», 2-с Лөгөй нэһилиэгэр — ВЫПУСКНИК СЫЛЫН АРЫЙАР үөрүүлээх быһыы-майгы киэһээтэ буолла.
Тэрээһин «Дьиэ кэргэн» сылын бэлиэтин сырдатыыттан уонна үтүө баҕа санааттан саҕаланна, «Оҕо аймах» сылын «Татыйык» уһуйаан иитиллээччилэрэ бэрт сэргэхтик Надежда Окоемова туруорбут флеш-моб үҥкүүнэн арыйдылар, «Аҕа» сылын Гаврил Шепелёв салайааччылаах «Модун» эр дьон ансаамбыла билиһиннэрдэ, онтон нэһилиэкпитигэр биллэриллибит, инники кэскиллэрбитин кынаттыыр, уһуйааччы, угуйааччы үлэтин ситэрэр, көлүөнэлэри түмэр сыаллардаах «Выпускниктар» сылларын нэһилиэк Аҕа баһылыга Петр Егорович Бурнашев, нэһилиэккэ биллэриллибит — «Сыл бэлиэтэ» куонкурус кыайыылааҕын Айза Архипованы наҕараадалааһыныттан саҕалаата. Саҥа сыл, саҥа бэлиэтин П. В. Аммосов аатынан Тулуна орто оскуолатын 2020 сылга кыһыл мэтээлинэн бүтэрбит Анна Бурнашова таһаарда. Ону таһынан Петр Егорович алын сүһүөх оскуолатын бүтэрбитэ 30 сылынан учууталыгар Ирина Федоровнаҕа выпуһун аатыттан сибэкки дьөрбөтүн, сэмэй бэлэхтэрин туттарда.

тэрээһин түмүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратыгар биллэриллибит — «Оҕо тыйаатырын» сылынан, А. С. Пушкин 225 сылынан, А. С. Пушкин айымньыларынан Тулуна орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ «ШАХ И ТРИ СЫНА», «У ЛУКОМОРЬЯ ДУБ ЗЕЛЁНЫЙ», «СКАЗКА О МЕРТВОЙ ЦАРЕВНЕ И О СЕМИ БОГАТЫРЯХ» испэктээктэри бэрт итэҕэмтиэтик көрдөрдүлэр, киириигэ дьаарбаҥка тэрийэннэр көрөөччүлэри аччыктаппатылар.

Саҥа сылга бар-дьоммутугар байылыат олоҕу, ыраас, эйэлээх халлааны, кытаанах доруобуйаны баҕарабыт.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

Можно использовать следующие HTML-теги и атрибуты:
<a href="" title=""> <abbr title=""> <acronym title=""> <b> <blockquote cite=""> <cite> <code> <del datetime=""> <em> <i> <q cite=""> <s> <strike> <strong>