Уһун унньуктаах кыһыммытын атаара, сандал сааспытын көрсө быйылгы сылга маҥнайгынан, түөлбэлэр икки ардыларыгар көрдөөх спортивнай алта түһүмэхтээх күрэхтэһии буолла.
Күрэхтэһии иннинэ солбуйар Баһылык эҕэрдэ тыллаах, «Дорообо сандал саас» — ырыа аргыстаах сааһы көрсүү тэттик кэнсиэрэ буолла. Күрэхтэһии кэннэ түөлбэнэн «Блинный столб» куонкуруһа ыытылынна:
1 миэстэ Дьулуур түөлбэ
2 миэстэ Кэскил түөлбэ
3 миэстэ Сэмэн Баһылайап түөлбэ
Куонкурус кэннэ блинылары тэрээһин кыттыылаахтара олус минньигэстик, айах тутан, амсайан, сөҕөн махтайан тарҕастылар.
Түөлбэнэн күрэхтэһии
Көрүҥнэринэн:
1 Тиэнис мээчигин лошкаҕа ууран баран түһэрбэккэ сүүрүү.
2 Киһини соһорго олордон баран сүүрүү
3 Сыал быра5ыы
4 Быаны эрийии
5 Хаатыҥка быра5ыы
6 Дартс
Күрэхтэһиини тэрийэн ыыттылар:
Ушницкая С.Н
Копырин Н.В
Лугинов А.С
Сивцев И.М
Егорова М.Д
Эстафета бэрт тыҥааһыннаахтык, түөлбэлэр эгил-тэгил түсүһэн биэтэккэ кыайыылаахтар,миэстэлэр быһаарыллыннылар.
1 миэстэ Кэскил
2 миэстэ Сэмэн Васильев
3 миэстэ Дьулуур
Дьоммут-сэргэбит олус үөрэн-көтөн, сэргэхсийэн тарҕастылар.
Иһитиннэриини суруйда Копырин Н.В.
16.03.2024 сыл.