Хомус, сахабыт омугун биир бастыц музыкальнай инструмена буолар. Хомус саха эрэ норуотугар буолбакка, бары норуокка үгүстүк тарҕаммыт инструмен, ол гынан баран саха, хомуһу өрө туппут омугунан биирдэстэрэ. Саха хомуһа, нарын-намчы, тыаһа ырааһынан, тыына уһунунан аан дойдуга аатырыан аатырар.
Хомус көстөр дьүһүнүнэн судургу курдук эрээри, музыката баай, киэҥ, дириҥ. Кинини ытыска бигии, уоска-тиискэ даҕайа тутулуннаҕына, тардааччы тыыныттан тыын ыллаҕына, киһи ис айылгытын арыйар ураты иэйиилээх музыканы үөдүтэр.
Саха төрүт музыкальнай инструмена туохха туһалааҕый? Оҕо тыына уһууругар, сайдарыгар, норуот аатын ааттатарыгар наадалаах. Өбүгэлэрбит түҥ былыргыттан бүөбэйдээн илдьэ кэлбит, куттарын-сүрдэрин туттарбыт инструменнара биһиэхэ сахаларга хахха-көмө буола туруохтун.
Тэрээhин арчылааhынтан, ыраастаныыттан саҕаламмыта
«Оhуор» уонна «Арылхан» оҕолор бөлөхтөрүн салайааччыта — Людмила Жирковаҕа уонна «Дьүрүскэн» ансаамбыл салайааччыта Нюргуяна Куприянова мастер класстары салайдылар. Мастер класска Кэптэни уонна Өнөр оскуолаларынг оҕолоро кэлэн сырыттылар.
Тэрээhин бэккэ ааста.
Хомуһу таптааҥ, харыстааҥ уонна Хомуска оонньооҥ!




