МБУ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦД "САЙДЫЫ"

МБУ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦД "САЙДЫЫ"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САЙДЫЫ"

«Хомус кырдала2024» Тулуналар ситиһиилэрбит

Хомус кырдала 2024 республиканскай күрэххэ биирдиилээн толорууга Иван сергеев- 2 уктэл👏👏👍🏻Айыына Троева- 1 урдэл,Дьурускэн ансамбль- Кэскиллээх хомусчуттар 6000 призГран при оҕолорбут Оьуор ансамбль Тулуна 50000 приз саамай элбэх хомусчуттаах сал. Жиркова Л. И. Ону таһынан 2-с Лөгөй нэһилиэгэр өссө биир Саха Өрөспүүбүлүкэтин «Импровизатор хомусчут» эбилиннэ, үрдүк ааты сүктэ Айыына Троева. Кэскиллээх хомусчуттарбытыгар өссө да үрдүк… (читать далее)

Тулуна сүрүн харыйатын уота сандаарда

Ахсынньы маҥнайгы күнүгэр Тулунаҕа, «Зима начинается с Якутии» фестиваль чэрчитинэн, «Харыйачааммыт уота умай» тэрээһинэ буолан ааста.Тыйыс тымныы, кырыа кыһыммыт бастакы күнүгэр, кэлэн иһэр аптаах алыптаах, саргылаах Саҥа Дьылынан нэһилиэк дьонун-сэргэтин араас остуоруйалартан кэлбит, араас кыыллар флеш-моб үҥкүүлээтилэр ону тэҥэ ыраах хотугу байҕалтан тымныы тыал аргыстаах Чысхаан, Великий Устюг курдук ыраах сиртэн Тымныы моруос оҕонньор уонна… (читать далее)

Тулуна клуба 39 сезонун арыйда!

2-с Лөгөй нэһилиэгин олохтоохторугар уонна ытык-мааны ыалдьыттарыгар Сэтинньи ый 16 күнүгэр, Киэһээ 19:00ч, «Сайдыы» сынньалаҥ киинэ 39-с сезонун арыйар — «КУЛУУП УОТА УГУЙАР»нэһилиэкпит самодеятельноһын бастыҥнарын кэнсиэрэбуолла.

Алтынньы 26 күнүгэр, 2-с Лөгөй нэhилиэгэр дьиэ кэргэн куонкурса буолла.

Российскай Федерацияҕа «Дьиэ кэргэн», Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Оҕо», Уус Алдан улууhугар «Аҕа» сылларынан, Сахабыт Сиригэр «Ийэ», Россияҕа «Аҕа» күннэрин чэрчитинэн ыытыллар «Дьиэ кэргэн – Дьол биhигэ» диэн «Сайдыы» сынньалаҥ киинэ уонна Петр Васильевич Аммосов аатынан Тулуна орто оскуолата тэрийэн ыытар дьиэ кэргэннэр күөн көрсүhүүлэрэ бэрт сэргэхтик ааста. Түмүк тахсар кэмигэр нэhилиэкпит ахтыбыыстара Лиза Неустроева, Анастасия, Гаврил … (читать далее)

Тулунаҕа Оҕо көмүскэлин күнэ 2024с

Оҕо саас, оҕо саасЭргийбэт оҕо саасОонньуур, көрүлүүрЭргичийэр оҕо саас 2-с Лөгөй нэһилиэгин кэлэр кэнэҕэскитэ, кэнчээри кэскилэ, күндү оҕолорбут Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Оҕо сылын» чэрчитинэн, БЭС ЫЙЫН 1 КҮНҮГЭРОҔО КӨМҮСКЭЛИН КҮНҮН, ыһыах түһүлгэтигэр бэрт сэргэхтик бэлиэтээтилэр!Тэрээһин Үөрүүлээх аһыллыыттан, Музыкальнай эҕэрдэлэртэн саҕаланна. Ол кэннэ «Ыллаа-туой оҕо саас» — ырыа уонна Хоһоон ааҕыытыгар аһаҕас микрофон быһыытынан куонкурустар ыытылыннылар. Оҕолор… (читать далее)

Тулунаҕа Улуу Кыайыы күнэ!

Ыам ыйын 9 күнүн, Улуу кыайыы 79 сылын көрсө 2 Лөгөй нэһилиэгэр сарсыарда 8:45ч. кыайыы чэбдигирдэр сэрээккэтэ, 10 ч эҕэрдэ кэнсиэрэ уонна И.В.Мигалкин хоһооннорун күргүөмүнэн ааҕыы бэрт сэргэхтик ааста. Кэнсиэр кэннэ Тулуна орто оскуолатын үөрэнээччилэрин параада буолла. Кыайыы параадын хамаандалаан салайда Максим Сергеевич Гоголев. Нэһилиэк Аҕа баһылыга Улуу кыайыы 79 сылынан эҕэрдэлээтэ.Олохтоох тэрилтэлэр, нэһилиэнньэ буолан… (читать далее)

Тулунаҕа Үҥкүү күнэ маннык бэлиэтэннэ!

Муус устар 30 күнүгэр Тулуна бөһүөлэгэр аан дойдутааҕы үҥкүү күнүн, «Сааскы тэтимнэр» үҥкүү куонкуруһунан бэлиэтээтилэр.Куонкуруска уопсайа 6 үҥкүү бөлөҕө кытынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ Мүрүтээҕи үҥкүү бөлөхтөрүн кыттыылаахтара биир дойдулаахпыт Виктория Сторожева, кийиит Ольга Гоголева уонна Тулунаттан өр сылларга култуура эйгэтигэр үлэлээбит Маргарита Неустроева үлэлээтилэр. Тэрээһин саҕаланыытыгар бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран «Татыйык» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ олус сэргэх флеш-моб,… (читать далее)

Тулунаҕа, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин болла.

Таптыыбын кылгас сайыннаахТыйыс төрөөбүт дойдубун,Кымыс – үүт сүөгэй быйаҥнаахСахам сирин таптыыбынИ.Павлов Муус устар 27 күнүгэрСахабыт Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин болла. «Сайдыы» СК, олохтоох библиотека, судаарыстыбаннас түмэлэ, Тулуна орто оскуолата холбоһуктаах олус диэн сэргэх тэрээһини көрдөрдүлэр. Ол курдук бастатан туран ыалдьыттары киириигэ арыылаах алаадьынан күндүлээтилэр, сахалыы сиэринэн — буруонан ыраастааһын туома оҥоһулунна, күргүөмүнэн Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин,… (читать далее)

Тулунаҕа «Дьиэ кэргэн — Олох төрдө» фестиваль көрүүтүн түмүгэ.

🔶🔸🔶🔸🔶🔸🔶 Кулун тутар 26 күнүгэр , 2-с Лөгөй нэһилиэгэр Россияҕа дьиэ-кэргэн, СР Оҕо сыла, Уус-Алдан улууһугар Аҕа сылынан » *, *Уус-Алдан улууһугар библиотека тиһигэ* тэриллибитэ1️⃣0️⃣0️⃣ сылыгар аналлаах ДЬИЭ -КЭРГЭН-ОЛОХ ТӨРДӨ» нэһилиэктэринэн улуустааҕы фестиваль көрүүтэ ыытылынна.🙌🏻✊🏻☀️☀️☀️Фестиваль түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ бэйэлэрин этиилэрин, көрүүлэрин туох ситэриллиэн сөбүн этэн туран уопсайа 4,18 баалынан сыаналаата. 👍🏻👏🏻 2-с Лөгөй нэһилиэгэ чахчы… (читать далее)

Тулунаҕа «Дорообо сандал саас» уонна түөлбэнэн күрэхтэһии буолла.

Уһун унньуктаах кыһыммытын атаара, сандал сааспытын көрсө быйылгы сылга маҥнайгынан, түөлбэлэр икки ардыларыгар көрдөөх спортивнай алта түһүмэхтээх күрэхтэһии буолла.Күрэхтэһии иннинэ солбуйар Баһылык эҕэрдэ тыллаах, «Дорообо сандал саас» — ырыа аргыстаах сааһы көрсүү тэттик кэнсиэрэ буолла. Күрэхтэһии кэннэ түөлбэнэн «Блинный столб» куонкуруһа ыытылынна:1 миэстэ Дьулуур түөлбэ2 миэстэ Кэскил түөлбэ3 миэстэ Сэмэн Баһылайап түөлбэКуонкурус кэннэ блинылары тэрээһин… (читать далее)