МБУ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦД "САЙДЫЫ"

МБУ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦД "САЙДЫЫ"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ТУЛУНИНСКИЙ ЦЕНТР ДОСУГА "САЙДЫЫ"

Тулунаҕа Оҕо көмүскэлин күнэ 2024с

Оҕо саас, оҕо саасЭргийбэт оҕо саасОонньуур, көрүлүүрЭргичийэр оҕо саас 2-с Лөгөй нэһилиэгин кэлэр кэнэҕэскитэ, кэнчээри кэскилэ, күндү оҕолорбут Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр «Оҕо сылын» чэрчитинэн, БЭС ЫЙЫН 1 КҮНҮГЭРОҔО КӨМҮСКЭЛИН КҮНҮН, ыһыах түһүлгэтигэр бэрт сэргэхтик бэлиэтээтилэр!Тэрээһин Үөрүүлээх аһыллыыттан, Музыкальнай эҕэрдэлэртэн саҕаланна. Ол кэннэ «Ыллаа-туой оҕо саас» — ырыа уонна Хоһоон ааҕыытыгар аһаҕас микрофон быһыытынан куонкурустар ыытылыннылар. Оҕолор… (читать далее)

Тулунаҕа Улуу Кыайыы күнэ!

Ыам ыйын 9 күнүн, Улуу кыайыы 79 сылын көрсө 2 Лөгөй нэһилиэгэр сарсыарда 8:45ч. кыайыы чэбдигирдэр сэрээккэтэ, 10 ч эҕэрдэ кэнсиэрэ уонна И.В.Мигалкин хоһооннорун күргүөмүнэн ааҕыы бэрт сэргэхтик ааста. Кэнсиэр кэннэ Тулуна орто оскуолатын үөрэнээччилэрин параада буолла. Кыайыы параадын хамаандалаан салайда Максим Сергеевич Гоголев. Нэһилиэк Аҕа баһылыга Улуу кыайыы 79 сылынан эҕэрдэлээтэ.Олохтоох тэрилтэлэр, нэһилиэнньэ буолан… (читать далее)

Тулунаҕа Үҥкүү күнэ маннык бэлиэтэннэ!

Муус устар 30 күнүгэр Тулуна бөһүөлэгэр аан дойдутааҕы үҥкүү күнүн, «Сааскы тэтимнэр» үҥкүү куонкуруһунан бэлиэтээтилэр.Куонкуруска уопсайа 6 үҥкүү бөлөҕө кытынна. Дьүүллүүр сүбэҕэ Мүрүтээҕи үҥкүү бөлөхтөрүн кыттыылаахтара биир дойдулаахпыт Виктория Сторожева, кийиит Ольга Гоголева уонна Тулунаттан өр сылларга култуура эйгэтигэр үлэлээбит Маргарита Неустроева үлэлээтилэр. Тэрээһин саҕаланыытыгар бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран «Татыйык» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ олус сэргэх флеш-моб,… (читать далее)

Тулунаҕа, Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин болла.

Таптыыбын кылгас сайыннаахТыйыс төрөөбүт дойдубун,Кымыс – үүт сүөгэй быйаҥнаахСахам сирин таптыыбынИ.Павлов Муус устар 27 күнүгэрСахабыт Өрөспүүбүлүкэтин күнүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин болла. «Сайдыы» СК, олохтоох библиотека, судаарыстыбаннас түмэлэ, Тулуна орто оскуолата холбоһуктаах олус диэн сэргэх тэрээһини көрдөрдүлэр. Ол курдук бастатан туран ыалдьыттары киириигэ арыылаах алаадьынан күндүлээтилэр, сахалыы сиэринэн — буруонан ыраастааһын туома оҥоһулунна, күргүөмүнэн Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин,… (читать далее)

Тулунаҕа «Дьиэ кэргэн — Олох төрдө» фестиваль көрүүтүн түмүгэ.

🔶🔸🔶🔸🔶🔸🔶 Кулун тутар 26 күнүгэр , 2-с Лөгөй нэһилиэгэр Россияҕа дьиэ-кэргэн, СР Оҕо сыла, Уус-Алдан улууһугар Аҕа сылынан » *, *Уус-Алдан улууһугар библиотека тиһигэ* тэриллибитэ1️⃣0️⃣0️⃣ сылыгар аналлаах ДЬИЭ -КЭРГЭН-ОЛОХ ТӨРДӨ» нэһилиэктэринэн улуустааҕы фестиваль көрүүтэ ыытылынна.🙌🏻✊🏻☀️☀️☀️Фестиваль түмүгүнэн дьүүллүүр сүбэ бэйэлэрин этиилэрин, көрүүлэрин туох ситэриллиэн сөбүн этэн туран уопсайа 4,18 баалынан сыаналаата. 👍🏻👏🏻 2-с Лөгөй нэһилиэгэ чахчы… (читать далее)

Тулунаҕа «Дорообо сандал саас» уонна түөлбэнэн күрэхтэһии буолла.

Уһун унньуктаах кыһыммытын атаара, сандал сааспытын көрсө быйылгы сылга маҥнайгынан, түөлбэлэр икки ардыларыгар көрдөөх спортивнай алта түһүмэхтээх күрэхтэһии буолла.Күрэхтэһии иннинэ солбуйар Баһылык эҕэрдэ тыллаах, «Дорообо сандал саас» — ырыа аргыстаах сааһы көрсүү тэттик кэнсиэрэ буолла. Күрэхтэһии кэннэ түөлбэнэн «Блинный столб» куонкуруһа ыытылынна:1 миэстэ Дьулуур түөлбэ2 миэстэ Кэскил түөлбэ3 миэстэ Сэмэн Баһылайап түөлбэКуонкурус кэннэ блинылары тэрээһин… (читать далее)

Эр дьон түмсүүтэ, Тулунаҕа кэрэ аҥардар күннэрин көрсө кэнсиэрдээтилэр.

Кулун тутар 8 күнүгэр, «Сайдыы» сынньалаҥ киинигэр, аан дойду кэрэ аҥардарын күнүгэр, 2-с Лөгөй нэhилиэгин олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар активист эр дьон түмсэн, олус сэргэх, «Эhиэхэ эрэ анаан»  диэн кэнсиэри бэлэхтээтилэр. Бу кэнсиэр, нэhилиэкпит активист эрэ эр дьонун буолбакка бүттүүн нэhилиэк эр хоhууннарын түмтэ диэххэ табыгастаах буолуо, тоҕо диэтэр, кэнсиэрбит сүрүн бирииhин – үс бриллианы, эр… (читать далее)

Тулунаҕа 2024с арыйдыбыт!

Олунньу 29 күнүгэр «Сайдыы» Сынньалаҥ киинигэр, 2024 сыл Российскай Федерацияҕа — «Дьиэ кэргэн», Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр — «Оҕо аймах», Уус Алдан улууһугар — «Аҕа», 2-с Лөгөй нэһилиэгэр — ВЫПУСКНИК СЫЛЫН АРЫЙАР үөрүүлээх быһыы-майгы киэһээтэ буолла.Тэрээһин «Дьиэ кэргэн» сылын бэлиэтин сырдатыыттан уонна үтүө баҕа санааттан саҕаланна, «Оҕо аймах» сылын «Татыйык» уһуйаан иитиллээччилэрэ бэрт сэргэхтик Надежда Окоемова туруорбут… (читать далее)

«Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүн» ыллылар

Олунньу 22 күнүгэр «Аҕа дойду көмүскээччилэрин күнүн» чэрчитинэн 15:00ч С.С.Дегтярев аатынан спорт саалаҕа, Биир дойдулаахпыт, Чечен Республикатыгар «Итии точкаҕа» сылдьыбыт, «Туйгун сулууспатын иһин» бэлиэ, «Хорсунун иһин» мэтээл, «За отличие в службе» 2 степенэ, «Знак боевых действий» бэлиэ, «Знак боевых действий МВД» мэтээллэрдээх Докторов Владимир Гаврильевич аатынан Эр дьоҥҥо буулдьанан ытыыга күрэхтэһии ыытылынна. 3 көрүҥнээх, ол… (читать далее)

Төрөөбүт тыл уонна сурук — бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллар көлүөнэлэринэн күрэс буолан ааста.

✒✒✒✒✒ Олунньу 14 күнүгэр, 16:00ч. «Сайдыы» СК Төрөөбүт тыл уонна сурук — бичик күнүн чэрчитинэн ыытыллар көлүөнэлэринэн күрэс буолан ааста. ⁣ «Саха тыла муора курдук баай. Саха омук тыла үрүйэ уутун курдук сэргэх, Сир симэҕин курдук сиэдэрэй» Амма Аччыгыйа ⁣ ✒ Тэрийээччи: «Сайдыы» СК, олохтоох библиотека. ✒ Сыала соруга: Төрөөбүт төрүт тылга тапталы, убаастабылы иҥэрии,… (читать далее)